top of page

    

 

 

  А.Е. Кулаковскай «САХА ИНТЕЛЛИГЕНЦИЯТЫГАР СУРУГУН»  суолтата

                                                  

 

Ѳйтѳн суруйуу

 

С.П.Барашков аатынан Хачыкаат орто оскуолатын

9 кылааhын үѳрэнээччитэ Ермолаева Арина үлэтэ.

 

      Саха норуота саамай киэн туттар киhитинэн Алексей Елисеевич Кулаковскай -  Өксөкүлээх Өлөксөй буолар. Үйэ анараа ѳттүгэр олорон, үлэлээн ааспыт чулуу  суруйааччы үлэлэрэ уонна кѳрүүлэрэ билиҥҥи да олоххо олус актуальнайдар.      А.Е.Кулаковскай дойдутун, норуотун тыыннаах хаалыытыгар, сайдыытыгар сүүрбэhис үйэ саҥатыгар сүҥкэн улахан проблемалары көтөхпүтэ.

      «Саха интеллигенциятыгар сурук» - Өксөкүлээх Өлөксөй биир бөдөҥ үлэтэ. Бу үлэтигэр А.Е.Кулаковскай Саха сирин, норуотун кэскилин түстээн, олоххо көстөр бары боппуруоһу ыраҥалаан суруйбута киһини сөхтөрөр, өссө төгүл кини саха дьиҥнээх бөлүһүөгэ буоларын итэҕэтэр, бигэргэтэр.  Бу сурук туруорар сорох боппуруостара күн бүгүн даҕаны биһиэхэ сүдү суолталаахтар, чугастар.        

      А.Е.Кулаковскай бу суругу Хачыкаакка олорон суруйбут буолан, биһиэхэ ураты чугас. Улуу суруйааччыбыт саамай бөдөҥ суолталаах айымньыларын Хачыкаат сиригэр-уотугар тохтоон олорон суруйбутунан биһиги киэн туттабыт.

     Өксөкүлээх Өлөксөй биир чугас доҕорунан биhиги биир дойдулаахпыт Семен Петрович Барашков этэ. Өксөкүлээх Өлөксөй уонна Сэмэн Барааскап эт саастыы, биир үйэҕэ, биир олоххо олорон ааспыттара. 14-15 саастарыгар Дьокуускайдааҕы реальнай училищеҕа үөрэнэ сылдьан билсибиттэрэ. Бэйэ-бэйэлэрин бэркэ өйдөhөр, ситэрсэн биэрэр дьон эбиттэр. А.Е.Кулаковскай доҕоругар Хачыкаакка хаста да кэлэ сылдьыбыт. Киниэхэ С.П.Барашков өй-санаа, материальнай да өттүнэн күүс-көмө, өйөбүл буолбут буолуохтаах. Оннук кѳстүү ордук «Саха интеллигенциятыгар сурукка» кѳстѳр. Бу суругу суруйарыгар икки сыл Сэмэн Барашковка олорон, кини хаһаайыстыбатын тэрээһинин холобурун туһаммыта диэн краевед учуутал Гаврил Михайлович Герасимов суруйбута баар. Оччотоҕу кэмҥэ кимиэхэ да суох аныгы сэп-сэбиргэл Сэмэн Барашков уһаайбатыгар баара. Кини хаһаайыстыбатыгар сүүрбэччэ булууктаах,  культиватордаах,  сеялкалаах, малатыылкалаах эбит. Хаhаайыстыбатыгар электричество уотун туhанара, уу күүhүнэн үлэлиир мельницэлээх, илии үлэтин чэпчэтэр араас тэриллэрдээх hү.

        Саха норуотун икки чулуу дьонун сирэй билсиилэрэ, таһаарыылаахтык бииргэ үлэлээһиннэрэ дирин силистээх-мутуктаах сибээстэһии буолар. Ол эбэтэр, сүүрбэһис үйэ саҕаланыыта саха чулуу дьоно сайдыылаах санаалаахтарын, саҥаны олоххо киллэрэ сатыылларын, сатабыллаах салайааччы эбиттэрин туоһулуур. Инники олохторун саҥалыы сайыннарар, норуот олоҕун тупсарар баҕа санаалаахтара. Ол баҕа санааларын олоххо киллэриигэ норуот тумус туттар дьоно үлэлииллэр.

      Өксөкүлээх Өлөксөй норуот үүнүѳн-сайдыан, бэйэтин хааччынан олорор буоларыгар баҕатын Саха Республикатын бастакы Президенэ М.Е.Николаев Республиканы салайар кэмигэр олоххо киллэрбитэ, улуу бөлүhүөк суруйан хаалларбыт санааларын, көрүүтүн, ыйыытын-кэрдиитин туhаммыта. Ол курдук «ааспыт үйэ сырдатааччыта А.Е.Кулаковскай өйө-санаата миэхэ ордук чугас» диэн «Интеллигенция и цивилизация» кинигэтигэр суруйбута. Маны таhынан М.Е.Николаев Саха сиригэр дьон-сэргэ олоҕун бэйэтэ салайынан олоруон, үлэтин-хамнаhын тупсарыныан баҕарара. Ол онно кини санаата сүүс сыл анараа ѳттүгэр Кулаковскай эппитин кытта сѳп түбэсиhэр.

    Онон Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха интеллигенциятыгар суруга» үйэлэргэ сүппэт улахан суолтаталаах. Ыйбыт, сүбэлээбит кѳрүүлэрэ барыта билиҥҥи биһиги олорор кэммит быһаарыллар боппуруоһугар сөп түбэһэр. Улуу киһибит А.Е.Кулаковскай - Өксөкүлээх Өлөксөй суруйан хаалларбыт суруга билигин да олус туһалаах эбит.

Хроника поисковых экспедиций

«Үтүѳ аат үс уйэ умнуллубат»

Семен Петрович Барашковка аналлаах кылаас чааhын сценарийа. Кылаас салайааччыта Иванова Маргарита Васильевна, саха тылын уонна литературатын учуутала

 

Сыала-соруга: Меценат, сырдатааччы, сайдыылаах ѳйдѳѳх-санаалаах киhи С.П.Барашков  туhунан үѳрэнээччилэргэ тириэрдии.

Туттуллар матырыйаал:

  1. Г.М.Герасимов «Сэмэн Барааскап»  кинигэтэ

  2. Г.М.Герасимов «Хачыкаат»  кинигэтэ

  3. П.И.Барашкова «Олох эргиирэ» кинигэтэ

  4. «Родословная Барашковых» презентация

 

Кылаас чааhын хаамыыта:

  1. С.Барашков туhунан билиhиннэрии

Семен Петрович Барашков 1876 сыллаахха православнай халандаарынан Сэмэнэп күнтѳрѳѳбүт. Илин Хаҥалас улууhун оскуолатыгар икки сыл үѳрэнэн баран, Дьокуускайдаа5ы реальнай училище5а саха литературатын тѳрүттээччи, саха бастакы суруйааччыта А.Е.Кулаковскайдыын до5ордоhон, 1891-1897 сылларга бииргэ үѳрэммиттэрэ.Улахан сатабыллаах үлэhит буолара ѳссѳ олох эдэр эрдэ5иттэн биллибит. Бодойбо5о бириискэлэр хонтуораларын кытта мас бэлэмнээhигэр сѳбүлэhии түhэрсэн, сүүсчэкэ киhини үлэлэтэр. Бириискэлэргэ этинэн, арыынан хааччыйар биир саамай эрэллээх убаастанар киhи буолар. Оччотоо5у кэмнээ5и атыы, эргиэн дьыалатын түргэнник баhылаан, байан-тайан барар.Тѳрѳѳбүт сиригэр тѳннѳн кэлэн, киэҥ далааhыннаах, аныгылыы кѳрүүлээх киhи буолан, оло5у уларытар улахан үлэни ыыппыта. Сатабыллаах салайааччы, сырдатааччы, олох сайдыытын ѳтѳ кѳрѳѳччү быhыытынан биллибитэ. Саха сиригэр суох бѳдѳҥ хаhаайыстыба тэрийбитэ, боруода сүѳhүнү уонна сылгыны иитиинэн, сири оҥоруунан, бурдук ыhыытынан дьарыктаммыта.

       Семен Петрович Барашков сахалартан биир бастакынан техника үйэтэ кэлбитин ѳйдѳѳн, үлэтигэр-хамнаhыгар уонна сири оҥорорго саҥа технологияны киллэрэргэ дьулуспут. Сельхоз массыыналары (тимир булууктары, культиватордары, сеялкалары, веялкалары) булуммут. 1913 сыллаахха Бодойботтон паровой локомобилы а5албыт. Эhиилигэр Барашков уhаайбатыгар Тииттээххэ аан бастаан электрическэй уот сандаарбыт. Электричество күүhүнэн пилораманы, бурдук мэлийэр миэлиҥсэни үлэлэппит, электричество уотун олорор дьиэлэригэр, сүѳhү хотонугар кытта киллэрбит. Бэйэтэ кыра үѳрэхтээх буолан, нэhилиэгэр үѳрэх тар5анарыгар дьаныhан туран үлэлээбит. 1916 сыллаахха И.А.Тимофеев – Омуоhап кулуба диэн олохтоох баайдыын туруорсаннар, бэйэлэрин үптэригэр церковнай-приходской оскуоланы астарбыт. Уон икки миэстэлээх балыыhа дьиэтин туттарбыт. Нэhилиэгэр ыраас-чэбдик оло5у пропагандалыыр эбит. Ол курдук, хотону дьиэттэн араарыыны, олорор дьиэни муосталааhыны, бурдугу миэлиҥсэ5э тартарыыны туруорсар эбит.

Нэhилиэгэр кинээhинэн, II-с Дьѳппѳннѳѳ5ү Николаевскай таҥара дьиэтигэр церковнай старостанан үлэлээбит. Бу таҥара дьиэтигэр бэйэтиттэн элбэх үбү сиэртибэлээбитин иhин Станиславскай лиэнтэлээх мэтээлинэн на5араадаламмыт.

Сана Сэбиэскэй былааhы эйэлээхтик кѳрсүбүт.Сэбиэскэй былааска баайын барытын биэрэрин уонна саҥа былааска кѳмѳлѳhѳр санаалаа5ын туhунан архивка баар докумуоннар кэпсииллэр. Ол үрдүнэн 1921сыллааххаЯкутгубчек коллегиятын уураа5ынан советскай тутулу утары саагыбар кыттыылаа5а аатыран ытыллан ѳлбүтэ.

Оччотоо5у суол-иис мѳлтѳ5ѳр, үѳрэх, сайдыы суох кэмигэр тус бэйэтэ байарын санаабакка, олохтоох нэhилиэнньэ5э, общество туhугар турунан үлэлээбит прогрессивнай ѳйдѳѳх-санаалаах киhи Сэмэн Барааскап этэ. Кини ыралаабыт ба5а санаалара сэбиэскэй кэмҥэ эрэ олоххо киирбиттэрэ. Үлэни ѳрѳ туппут оло5о билигин да үүнэр кѳлүѳнэ5э үтүѳ холобур буолар.

 

2.Барашков уонна Кулаковскай до5ордоhуулара

Саха норуотун биир чулуу киhитинэн А.Е.Кулаковскай – Ѳксѳкүлээх Ѳлѳксѳй буолар. Тѳhѳ да Кулаковскай айан-тутан ааспыт кэмэ биир үйэ аастар билигин да биhирэбили ылар.  Кини биир чугас доҕорунан биhиги биир дойдулаахпыт Семен Петрович Барашков этэ. Өксөкүлээх Өлөксөй уонна Сэмэн Барааскап эт саастыы, биир үйэ5э, биир олоххо олорон ааспыттара. 1892 сыллаахха  14-15 саастарыгар Дьокуускайдаа5ы реальнай училище5а үөрэнэ сылдьан билсибиттэрэ. Бэйэ-бэйэлэрин бэркэ өйдөhөр, ситэрсэн биэрэр дьон эбиттэр. А.Е.Кулаковскай до5оругар Хачыкаакка хаста да кэлэ сылдьыбыт. Өр кэмнэ иккитэ олоро сылдьыбыта, бастаан 1910 сыллаахха  дьиэтээ5и учууталынан, онтон 1920 сыллаахха  сана советскай оскуола5а кэлэн учууталынан улэлээбитэ. Дьиэтээ5и учууталынан үлэлииригэр Сэмэн Барааскап икки о5отун уонна хас да дьаданы дьон о5олорун үөрэппитэ. Биир бастын айымньытын “Өрүс бэлэхтэрин”  1909 сыллаахха Хачыкаакка суруллубута диэн ыйбыт. Ол аата учууталынан үлэлии кэлиэн иннинэ манна кэлэ сылдьыбытыттан тахсар. Оттон “Ойуун түүлэ” диэн чулуу айымньытын 1910 сыллаахха Хачыкаакка олорон суруйбут. “Саха интеллигенциятыгар” суругун суруллубут сирин “1912г. май, Качикат” диэн бэлиэтээбит. 

      А.Е.Кулаковскай суруйааччы быhыытынан үрдүк таhымна тахсарыгар, С.П.Барашков өй-санаа, материальнай да өттүнэн күүс-көмө, өйөбүл буолбут улахан суолталаах. “Саха интеллигенциятыгар” суругу суруйарыгар икки сыл ханна да тэлэһийбэккэ, С.П.Барашковка олорон, кини хаһаайыстыбатын тэрээһинин холобурун туһаммыта биллэр. Биһиги санаабытыгар, сурук иккис чааһын туруорар боппуруостара Сэмэн Барааскап хаһаайыстыбатын тэрээһинин кытта ордук сибээстээхтэр. Оччото5у кэмнэ кимиэхэ да суох аныгы сэп-сэбиргэл С. Барашков уһаайбатыгар баара. Г.П.Башарин суруйарынан, кини хаһаайыстыбатыгар 20 булууктаах, 7 культиватордаах, 6 сеялкалаах, малатыылкалаах эбит. Уопсайынан, С.П.Барашков аныгылыы көрүүлээх, сатабыллаах киһи. 1913 сыллаахха  Бодойботтон уунан уһааран, паровой локомобилы аҕалан, эһиилигэр хаһаайыстыбатыгар электрическэй уоту киллэрбит, ол кэмнэ Дьокуускай куоракка сана уот ситимэ киирбит эбит. Электричество күүһүнэн үлэлиир бурдук мэлийэр миэлинсэни, мас эрбэтэр пилораманы, бурдук астыыр малатыылканы  үлэлэппит.

       «Саха интеллигенциятыгар” сурук - Өксөкүлээх Өлөксөй биир бөдөн үлэтэ. Бу үлэтигэр А.Е.Кулаковскай Саха сирин, норуотун кэскилин түстээн, олоххо көстөр бары боппуруоһу ыраналаан суруйбута киһини сөхтөрөр, өссө төгүл кини саха дьиннээх бөлүһүөгэ буоларын итэ5этэр, бигэргэтэр. А.Е.Кулаковскай дойдутун, норуотун тыыннаах хааларыгар, сайдыытыгар культура уонна үөрэхтээһин суолтатын өйдөөн, ХХ үйэ санатыгар сүнкэн улахан проблемалары көтөхпүтэ. Бу сурук туруорар сорох боппуруостара күн бүгүн да5аны биһиэхэ, сахаларга, сүдү суолталаахтар, чугастар.        

      Өксөкүлээх Өлөксөй бу суругу Хачыкаакка олорон суруйбут буолан, биһиэхэ ураты чугас. Уопсайынан, улуу суруйааччыбыт саамай бөдөн  суолталаах айымньыларын  Хачыкаат сиригэр-уотугар тохтоон олорон суруйбутунан биһиги киэн туттабыт.   

     Саха норуотун икки чулуу дьоннорун сирэй билсиилэрэ, таһаарыылаахтык бииргэ үлэлээһиннэрэ түбэспиччэ буолбатах, дирин силистээх-мутуктаах сибээстэһии буолар. Ол эбэтэр. сүүрбэһис үйэ са5аланыыта саха чулуу дьоно сайдыылаах санаалаахтарын, сананы олоххо киллэрэ сатыылларын, сатабыллаах салайааччы эбиттэрин туоһулуур. Инники олохторун саналыы сайыннарар, норуот оло5ун тупсарар  ба5а санаалаахтара. Ол ба5а санааларын норуот тумус туттар дьоно олоххо киллэрэллэр. Саха Республикатын бастакы Президенэ М.Е.Николаев республиканы салайар кэмигэр инники сайдыыга хардыылыырга улуу бөлүhүөк суруйан хаалларбыт санааларын, көрүүтүн, ыйыытын-кэрдиитин туhаммыта. Ол курдук «ааспыт үйэ сырдатааччыта А.Е.Кулаковскай өйө-санаата миэхэ ордук чугас» диэн «Интеллигенция и цивилизация» кинигэтигэр суруйбута.  Онон улуу киһибит Өксөкүлээх Өлөксөй “Интеллигенция5а суруга” оччотоо5у саха дьоно сайдыыга тардыһар ыраас, сырдык өйдөөх-санаалаах эбиттэрин туоһута буолар.

 

 

3.Барашков туhунан ахтыылар, хоhоон

Сэбиэскэй кэмнэ Сэмэн Барааскап аатын улаханнык ааттаабакка олорбут сылларга дьон-сэргэ кини үтүѳ аатын умнубатахтара, үтүѳ киhи этэ диэн сир-буор аннынан кэпсэтэллэрэ. Краевед-учуутал Гаврил Михайлович Герасимов Барааскап туhунан хасыhан, элбэх матырыйаал булан, хаhыакка суруйан, Утуо аат тѳннѳрүгэр олук буолбута. Онон Хачыкаат нэhилиэгин олохтоохторун туруорсууларынан, 1993 сыллаахха Саха Республикатын прокуратуратынан Семен Петрович Барашков буруйа суо5а дакаастанан, үтүѳ аата тиллибитэ, реабилитацияламмыта. С.Барааскап туhунан ахтыылары суруйан хаалларбыт Данил Васильевич Киприянов,  Хачыкаат биир тумус туттар киhитэ. Барааскап улэтин-хамнаhын батыhа улэлээн, Д.В.Киприянов «Хачыкаат» колхоз урдук ситиhиилээх улэлээх холбоhук буоларын ситиспитэ.

(Ахтыыттан быhа тардан аа5ыы)

Барааскап туhунан дьоно-сэргэтэ ѳйдүү-саныы сылдьарын туоhутунан Ульяна Гаврильевна Гурьева хоhооно буолар.

  • hоону аа5ыы)

 

4.Үтүѳ быhыы, үтүѳ санаа үйэлэргэ умнуллубат

        Сэмэн Барааскап норуотун иннигэр умнуллубат үтүѳлэрин иhин  уонна аатын үйэтитэр сыаллаах Покровскайдаа5ы алмааhы кырыылыыр собуот чочуйбут 16,5 караттаах бриллианыгар «Семен Барашков» диэн аат иҥэриллибитэ уонна республика алмааhын музейыгар бэриллибитэ. 1996 сыллаахха улууска С.П.Барашков тѳрѳѳбүтэ 120 сылыгар аналлаах научнай-практическай конференция ыытыллыбыта. Хачыкаакка олорбут сиригэр Тииттээххэ бэлиэ-обелиск туруоруллубута. Саха Республикатын Правительтсвотын председателэ Ю.Кайдышев дьаhалынан Семен Барашков аата Хачыкаат орто оскуолатыгар иҥэриллибитэ.

        2006 сыллаахтан алын кылаас учууталларын методическай холбоhуктарын кѳ5үлээhининэн «Барашковскай аа5ыылар» диэн кѳрдүүр-чинчийэр конференция ыытыллар буолбута. Аа5ыылар сыала-соруга – С.П.Барашков аатын үйэтитии уонна оскуола о5олорун научнай чинчийэр үлэ5э сыhыарыы. Аа5ыылар алын кылаас о5олоругар аналлаах, уон араас секциянан улэлиир. Конференция үлэтин эдэр ученайдар Ассоциациялара тэрийэн ыытар (салайааччы Устинова Ю.И.) Аа5ыылар  2010 сылтан улуус иhинээ5и буолбуттара. Тэрээhин биhирэнэн, киэҥ араҥа5а тар5анан, 2012 сылтан региональнай аа5ыылар буолаллар. Аа5ыыларга түѳрт улуус кыттар: Хаҥалас, Нам, Горнай, Кэбээйи.  Конференция кыайыылаахтарыгар бирииhи, мэтээллэри, ѳйдѳбүнньүк бэлиэлэри барытын С.Барашков айма5а Полина Ивановна Барашкова о5олорунуун бэлэмнииллэр. Кинилэр кѳ5үлээhиннэринэн икки сылга биирдэ аа5ыылар үрдүк таhымҥа ыытыллаллар.

С.П.Барашков аатынан стипендия2011 сылга олохтоммута. Барашков аймах дьоно сүбэлэhэн, кимстипендия ыларгасѳбүнталаллар. Бу стипендия ананар С.П.Барашков аатынан Хачыкаат орто оскуолатын бастыҥ үѳрэнээччитигэр. Ананар туйгун үѳрэнээччигэ, «Барашковскай аа5ыылар» лауреатыгар уонна кыттааччытыгар, республиканскай, региональнай, улустаа5ы куонкурус кыттылаа5ар, Сэмэн Барааскап оло5ун, улэтин чинчийэр үлэ ыыппыт о5о5о. Стипендия суумата 10000 солкуобай. Сылга биирдэ үѳрэх дьыла бүтүүтүгэр туттарыллар.

 

5.Тумук. Ыйытык-оонньуу «Барааскап туhунан тоhо билэ5ин»

1. За какие заслуги С.П. Барашков был награжден медалью на Станиславской ленте?

( за личный вклад и сбор средств на ремонт Жемконской Николаевской церкви)

 

2. В каком году реабилитирован С.П.Барашков? (1991г)

 

3. В какой период А.Е.Кулаковский проработал учителем у С.П.Барашкова? (1910 -1912)

4. Сколько каратов в бриллианте, которому в 1996г было присвоено имя С.Барашкова? (16,5)

           

5. В каком году в Качикатской средней школе присвоено имя Семена Петровича Барашкова? (1996г)

 6. Мы никогда не забудем имя мецената, просветителя, купца Семена Петровича Барашкова, благодаря нашему земляку, краеведу, учителю… (Г.М.Герасимов)

Экспедиция"В поисках локомобиля", с. Никольцы, Намский улус, апрель 2021

Встреча с академиком Никитой Гаврииловичем Соломоновым, 28.09.2021

bottom of page