top of page
Местные легенды

                                                            Биэстээх  Бочоох (в сокращении).

    Былыр  Буотума  тѳрдугэр  икки  сүүстэн  тахса  сыллааҕыта  Биэстээх  Бочоох  диэн  бухатыыр  киhи  тѳрѳѳн-үѳскээн  олорбута  эбитэ  уhу. Кини  күүhүн  уонна  мѳссүѳнун  туhунан  норуокка  кэпсээн баар.  Кини  унуоҕунан  кыра, олус  суон  киhи эбитэ  уhу.  Ордук  икки  илиитэ  бэрбээкэйигэр  тиийэр  уhун,  саӊата  олус  улахан  эбитэ  уhу.  Кини  оонньуур  таас  мээчиктээх  эбит.  Ол  мээчигин ыйааhына 476 киилэ (ол эбэтэр 23 эhиги курдук оҕолору кѳтѳхпүт курдук).

Кини   ууттан-тыаттан  бэриьиннэрэн   бултаан  аьаан  олорор  киhи  эбит.   Чагда  урдугэр  тахсан  сохсолуур  идэлээх  эбит.  Арай  биирдэ  сарсыарда  эрдэ  туран,  сохсотун  кѳрѳн  баран  киирэн  истэҕинэ    эмискэ  уун-утары  аарыма  улахан  эhэни  кѳрсѳ  түспүт.  Эhэ  кэлин  атаҕар  туран  баран  Биэстээх  Бочооххо  саба  түспүт.  Биэстээх  Бочоох  ыксаан  эhэни  сабырҕаҕыттан  харбаан  ылан  баран  кыра  бэстэр  баалларыгар  сыбаа  да  сыбаа  буолбут.  Онтон  эhэтэ  тѳлѳ  кѳтѳн  куотан  хаалбыт.  Ону  эккирэтэн  истэҕинэ  эhэтэ  сиргэ  тимис  гынан  сүтэн  хаалбыт.  Онтон  биирдэ  эмиэ  саас  түүтүн  кѳрѳн  баран  иhэн  кѳрдѳҕүнэ  арай  оҕус  мѳӊүрүү-мѳӊүрүү  уун-утары  суурэн  кэлбит  уонна  кэйэрдии  супту  туспут  да  эмиэ  сиргэ  тимирэн  хаалбыт.  Биэстээх  Бочоох  о5ус  тимирэн  истэҕинэ  сынааҕыттан  харбаан  ылбыта  илиитигэр  сыӊаах  унуоҕа  тутуллан  хаалбыт.  Ити  курдук  кинини  ол-бу  кыыл  буолан  Биэстээх  Бочоох  кыр  ѳстѳѳҕѳ  Кэрэмэс  ойуун  дьээбэлиирэ уhу.  Ол  курдук  Кэрэмэс  ойуун,  аӊаар  сыӊааҕа  унуоҕа  суох  сылдьан  бэркэ  эрэйдэммит .

                        Ыарахан тыллар:

                             мѳссүѳнүн -

                          бэрбээкэйигэр -

                         сабырҕаҕыттан -

                           тимис гынан –

                                                                      Биэстээх Бочоох (үһүйээн)

                                                                        Бочоох Пятигодовалый

 

    Давным -давно в старину, двести лет тому назад, у начала речки Буотама жил да процветал богатыр по имени- Бочоох Пятигодовалый. О его силе и светлом лике шла людская молва. Он был ростом маленький, но был очень толстым человеком. Руки у него доходили до щиколот и голос у него был очень громким.  Он играл каменным мячом, который весил четыреста семьдесят шесть килограмм.

      Бочоох Пятигодовалый кормил себя охотой. На сопке чагда любил ставить свои ловушки-капканы. Однажды рано утром, когда он возвращался  осматривая своих ловушек, вдруг ему навстречу выскочил медведь и встав на задние лапы кинулся на него. Но, богатырь Бочоох Пятигодовалый схватив медведя за загривки стам им размахивать по дереву. Медведь еле вырвался и убежал. Бочоох Пятигодовалый  побежал за медведем, но тот внезапно исчез, как в землю пропал.

    А, однажды весной когда богатырь шел осматривая свои  верши, вдруг ему навстречу бежал бык и с грозным мычанием, рогами кинулся на него но, опять внезапно  исчез,  а в руках богатыря остался только нижние челюсти быка.

    Так, превращаясь в разных зверей богатыря пугал его враг шаман Кэрэмэс. Говорят, он очень долго страдал без нижнего челюстя...

 

                                                                       Тоҕустаах уол  туhунан

    Арай  биирдэ  былыыр-былыр  Илин  Хаӊалас   улууьугар  Хачыкаат  нэhилиэгэр   Эриэн  аҕатын  ууhугар быстар  дьадаӊы  киьиттэн  биир бухатыыр оҕо  тѳрѳѳбүт.  Ол  уол аҕата  эрдэ  ѳлѳн  кини  ийэтинээн тулаайах   хаалбыттар.

    Кинини  дьоннор  тоҕустаах уол  дииллэр  эбит.  Тоҕо  Тоҕустаах  уол диэн ааттаабыттарый диир буоллахха.  Уол  тоҕус  саастааҕар  2 м 13 см үрдүк уӊуохтаах,  киhиттэн эрэ ордук сарыннаах,  модьу-таҕа  илиилээх–атахтаах эбит.  Күүстээх дьону күүhүнэн тулуталаабат буолбут.  Кини чахчы олоӊхо бухатыырын курдук эбит.  Ол  да буоллар уолчаан ойо-санаата олох  о5олуу   эбитэ уьу.          Ороскуоттаах кулуба ол сайын Дьокуускай куоракка киирэ сылдьан кубурунээтэр тойонно  Тоҕустаах  уол туhунан киэӊ туттан кэпсээбит.  Онуоха күбүрүнээтэр олус диэн дьиибэргээбит уонна эппит:  Соҕуруу  дойдуга  Петербурга  кѳрдѳрѳ ыытыахпыт уолгун бэлэмнээ!  Ороскуоттаах кулуба дойдутугар кэлэн уол дьонугар күбүрүнээтэр  тойон  эппитин кэпсээбит.  Ону истэн уол ийэтин уустара  бары били  уолларын аhынан айманыы  боҕо  буолбуттар.  Тоҕустаах  уол ону барытын истэн турбут уонна ханна да  куотар сирэ суох буолан ыйанан ѳлѳргѳ быhаарынар .  Нуччалар  ѳлѳрүѳхтэринээҕэр  дойдубар ѳлүүм диэн сананан кини Yчүгэй Yрдэ диэн кырдалга Туора Тиит диэн оччо-бачча киhи сылдьыбат сиригэр тиийэн биир тиит турарыгар кирис отууну биир салаатыгар баайан ыйанан кэбиспит.  Тоҕустаах  уол тиит анныгар кѳмпүттэр.  Онтон ыла ол тиити  Тоҕустаах  уол  ыйаммыт тиитэ диэн ааттыыр буолбуттара.

 

 

 

 

                                                                            Тоҕустаах уол туһунан

                                                                         О девятилетнем богатыре

      В старину, на востоке Хангаласского улуса, в деревне Качикатцы, в роду Пестрых в бедной семье родился ребенок-богатырь. Отец ребенка рано умер и жил он со своей матерью.  Люди назвали его - девятилетний мальчик. Когда мальчику исполнилось девять лет, у него рост был два метра тринадцать сантиметров, отличался широкими плечами, имел крепкие руки, ноги. Со временем ему равных не было. Но, он был все равно ребенком, думал, играл как дитя. 

     Богач Ороскуоттаах, съездив в город Якутск, рассказал губернатору о мальчике-богатыре девяти лет. Губернатор очень изумился и сказал: “Давайте отправим его в Петербург на смотрины, готовьте его к отъезду”. Богач Ороскуоттаах вернувшись в деревушку передал слова губернатора матери. Все родственники расстроились и стали жалеть мальчика. А  Девятилетний мальчик услышав это, не зная где спрятаться, решил лучше ему умереть на родной земле, чем убьют его чужие. Он так подумал и ушел на долину “Үчүгэй үрдэ”, нашел тихое местечко, где не  наступал нога человека, и  на сопке “Туора тиит” повесился. Мальчика похоронили под деревом, где он повесился.

       И с  тех времен это место стали называть “дерево где повесился девятилетний мальчик”.  Говорят, что дерево стояло до наших времен.

                                                                         Хачыкаат тѳрдун туhунан.

    Быдан былыр Хачыкаакка санардыы киьи олохсуйан,  үѳскээн  эрдэҕинэ  киэӊСамsртай сыhыы баhыгар биир таалай Сыhыы  Хонуу баара уhу.  Буотама  урэх бу хонууну  кэтэҕинэн   хайа аннынан туhэрэбит.  Бу кэрэ сиргэ  үс  ини-бии дьон олорбуттара эбитэ уhу.  Аҕалара  Энэн Дьэрэлик диэн ааттаах киhи эбит.  Улахан уол Харба бэйэтэ дьадаӊы,  ойохтоох,  икки уол  оҕолоох  Самыртай сыhыы баhыгар олорор эбит.  Орто уол Киригдэ баай кини 12 уоллаах Алагда иhэ диэн ааттаах сиргэ олорбут.  Кыралара Биэстээх Боччоох ааттаах күүстээх,  дьадаӊы киьи биир уоллаах  Буотама  үрэх  тѳрдүнээҕи  хайа анныгар баар Кэлтэгэй Ойоос диэн сиргэ олорбут.

    Арай биир куhун Киригдэ баай уоллаттара Кирим диэн сиргэ саhыллыы  баран  иhэннэр  абаҕаларыттан  Харба   оҕонньортон  саhылдьыт ытын уларсан барбыттар.  Харба  оҕонньор:  Ыппын сэрэнэн,  бэркэ харыстаан илдьэ сылдьыӊ, олус сыаналаахыт,- диэн  баран  ытын уларсыбыт.

    Уолаттар Киримӊэ тиийэн саhылы бултаhан улуhуйэ сылдьаннар  били  ыт кэлин атаҕын  кымньыынан  тосту  охсон кээспиттэр.  Киэhэ дьиэлэригэр тѳннѳн иhэн ѳлѳѳрү гыммыт ыты  быраҕан  ааспыттар.  Харба  оҕонньор  балаҕаныттан  тахсан ыта ѳлѳѳрүсытарын  кѳрѳн  кыыhыран уолаттары саана хаалбыт.  Уоллаттара  абаҕалара  оҕонньор  сааммытын истэ-истэ дьиэлэрин диэки аттарынан тэптэрэ турбуттар.

Уоллаттар барбыттарын кэннэ Харба  оҕонньор  Киригдэ уолаттарын сааммытын кэмсинэ санаабыт.  Бука  кэлэн ити дьон иэстэhэллэрэ буолуо дии санаан икки уолун ыӊыран ылан сайын тахсан бултуур сириттэн кыргыска туттар сэбин-сэбиргэлин киллэрэллэригэр сорудахтаабыт.  Аҕалара  уоллаттарыгар эппит: Эhиги түүннэри тахсан сайылыктан  мин кыргыска туттар сэппин-сэбиргэлбин  манна  түүннэри салаасканан соhон киирин.  Ити Киригдэ уолаттара миигин сүгүннүѳхтэрэ   суоҕа.  Оттон эhиги эргиллэн киириэххит иннинэ миигин ѳлѳрѳн кэбиспит буоллахтарына,  оччоҕо  убайгытыгар Биэстээх Бочооххо  баран   тылларын.  Кинилэр  суолларын ирдиир, тор  суолларын тордуур киhи  буолуо!  Дьэ  оҕолорум  барахсаттар,  кытаатын түргэнник сылдьын!  Барын! -  диэнэппит.

    Оҕолор   барбыттарын кэннэ Киригдэ баай уолаттара сарсыарда халлаан  тын  хатыыта буолан  эрдэҕинэ  кэлэн эмээхсиннээх  оҕонньору  олорон   баран таhааран сэргэлэрин тѳрдүгэр эhэ тириитэ тэллэххэ хонньоhуннара сытыаран,  абаҕаларын  дьиэтин уоттаан кэбиhэн  баран  дьиэлэригэр тѳннүбүттэр.

    Харба уолаттара дьиэлэригэр сэби-сэбиргэли салааскаларыгар соhон иhэн дьиэлэрэ умайа турарын уонна 12 ыӊыыр аттаах дьоннор кѳтүтэн иhэллэрин кѳрбүттэр.  Ону кѳрѳѳт  кинилэр суолтан туорааннар ойуурга саhан хаалбыттар. Ол сарсыарда уолаттар дьиэлэригэр тохтообокко эрэ убайдара Биэстээх Бочоох олорор сиригэр барбыттар.  Оҕолор   кэпсээннэрин истэн  баран  Биэстээх Бочоох обургу кыыhырбыт омунугар ойон тахсан эhэлии  часкыйбытыгар АтахYрүйэ суорбатын  сирэйиттэн  таас  сууллубут.

    Сарсыныгар  куйаҕын  кэтэн,  саатын-саадаҕын  иилинэн киэӊ Самыртай сыhыытыгар Киригдэ баай уолаттарын кытта кыргыhаары Биэстээх Бочоох айаӊӊа турунар.  Баран  иhэн  били  убайдаах санаhын  ѳтѳҕѳр  кэлэн,  икки суон тиити кэрдэн туhэрэн,  икки суон дүлүӊтэн хаhан ийэ мас оӊортолоон  баран,  сэргэ тѳрдүгэр сытар эмээхсиннээх  оҕонньору  сууйан-тараан,  таӊастарын таӊыннаран,  ийэ мастарыгарукпут.  Биир  ой  кытыытыгар ииӊ хаьан,  онно сүгэн илдьэн кѳмүтэлээн кэбиспит.

    Хонон   баран,  сарсыныгар киэӊ Алагда иhигэр Киригдэ баай уолаттарын кытта охсуhаары барбыта ол дьон хайыы-уйэ күрэнэн барбыттара ыраппыт эбит.  Кинилэр,  Харба  оҕонньору  ѳлѳрѳѳт,  Биэстээх Бочоохтон куттананнар ол түүн  бары  Бүлүүгэ кѳhѳн хаалбыттар.  Биэстээх Бочоох кинилэри эккирэтэргэ соруммут.  Биэстээх Бочоох дьадаӊы киhи быьыытынан кинилэри сатыы эккирэппит.  Биэс-алта хонукка эккирэтэн  кѳрѳн  баран  Киригдэлэри хас  да  куннук сиринэн куоттардым,  кинилэри хаьан  да  ситиэ суохпун диэн  баран  дойдутугар Хачыкаакка тѳӊнѳн хаалар.

Киригдэ уолаттара  Yс  Бүлүү ыраах муннугар тиийэн олохсуйбуттар. Кэнники Биэстээх Бочоох ѳлбүтүн истэн сэттэ уол дойдуларыгар Хачыкаакка тѳттѳрү кѳhѳн кэлбиттэр,  онтон икки уол олорбут сирдэригэр олорон хаалбыттар.  Онтон үстэрэ Агдаакыга Аанньаах быыhыгар кѳhѳн киирэн олорбуттара уhу.

 

                                                                Хачыкаат төрдүн туһунан

                                                              О родословном  Качикатцев

     В старые далекие времена в долине Самыртай, было одно местечко под названием “Долина-Луг». Речка Буотама в те времена, протекала за этим лугом, под горами. На этой красивой местности жили три брата. Отца звали Эҥэн Дьэрэлик. Старший сын Харба, он был бедным, была у него жена и двое сыновей. Жили они в долине Самыртай. Средний сын Киригдэ, был богатым, имел двенадцать сыновей, жили они в местности Алагда. Младший сын Бочоох Пятигодовалый, был бедным, но самым сильным, имел одного сына и жили они около речки Буотама.

     Однажды сыновья Киригдэ пошли охотиться на лис. У своего дяди Харба, попросили собаку, которая охотилась на лис. Харба одолжил им свою собаку, но попросил беречь собаку. Но, во время азарта охоты, мальчики кнутом перебили задние ноги собаки. Возвращаясь с охоты, оставили полумертвую собаку у дяди Харбы. Харба, увидев свою собаку мертвым, пригрозил мальчикам вслед. Но, затем испугался своих угроз, думая, что мальчики будут за это мстить. И, отправил своих мальчиков за своими орудиями  для битвы и сказал: “Если при возвращении  увидите нас мертвыми, сразу бегите к брату Бочоох Пятигодовалому”. Когда дети ушли, сыновья Киригдэ пришли и убили стариков, а дом зажгли.

      На обратном пути дети Харба увидели, что их дом горит, сразу побежали к своему брату Бочоох Пятигодовалому. На следующий день Бочоох Пятигодовалый пошел  воевать с сыновьями Киригдэ. По дороге он схоронил своих дядю Харба с женой.

      Пока, он дошел до сыновей Киригдэ, они ночью собрались и ушли в сторону Вилюйска. Богатырь собрался гнаться за ними, но так и не смог догнать их. Вернулся обратно... С того времени, говорят родичи Киригдэ обосновались в землях Вилюйского улуса.

Видеоролик: "Биэстээх Бочоох"
bottom of page